XX-й республиканский шахматный турнир памяти Максимовой Анастасии Егоровны.
11 марта 2023 года в селе Тумул Мегино-Кангаласском улусе прошел XХ-й юбилейный республиканский турнир по быстрым шахматам памяти Анастасии Егоровны Максимовой ветерана тыла, труда и спорта. Соревнования проводятся с 2001 года. Организаторами турнира являются дети Анастасии Егоровны Максимовой, администрация Доллунского наслега, Шахматная федерация РС(Я). Всего приняло участие 130 шахматистов из 4 улусов и г. Якутска.
Всего было проведено 5 турниров. 3 турнира среди школьников (девочки и мальчики 2011 г.р. и мл., юноши и девушки 2007-2010 г.р., юноши и девушки старше 2006 г.р.) и 2 турнира среди взрослых (Основной турнир и турнир среди ветеранов и женщин). Итоги подводились раздельно.
2011 г.р. и моложе среди юношей: 1 место — Дьяконов Алексей, 2 место — Хатылаев Василий, 3 место — Кычкин Айсен. Среди девушек: 1 место — Седалищева Нарыйа, 2 место — Габышева Лилиана, 3 место — Никифорова Юлиана.
2007 — 2010 г.р. среди юношей: 1 место — Иванов Юрий, 2 место — Чащин Константин, 3 место — Безриченко Дмитрий. Среди девушек: 1 место — Каплич Анастасия, 2 место — Варламова Лилия, 3 место — Афанасьева Милана.
2006 г.р. и старше среди юношей: 1 место — Герасимов Айсен, 2 место — Протодьяконов Антон. Среди девушек: 1 место — Протодьяконова Амелия, 2 место — Петрова Анастасия, 3 место — Романова Ирина.
Мужчины: 1 место — Капитонов Николай, 2 место — Гаврильев Вячеслав, 3 место — Местников Семён.
Женщины: 1 место — Эверстова Галина, 2 место — Охлопкова Мария, 3 место — Иванова Ольга.
Ветераны мужчины: 1 место — Мосорин Дмитрий, 2 место — Цыпандин Павел, 3 место — Смирников Николай. Ветераны женщины: 1 место — Давыдова Анна, 2 место — Шишигина Ульяна, 3 место — Цыденжапова Татьяна.
Поздравляем победителей и призеров!
Далее прикрепляем статью ветерана шахмат республики, победителя XX республиканского турнира по быстрым шахматам памяти Максимовой А.Е. среди ветеранов Мосорина Дмитрия Николаевича. Дмитрий Николаевич участвовал в 18 турнирах из 20, становился неоднократно победителем основного турнира и турнира ветеранов в последние годы.
Колхуостаах Настаа кэриэһигэр XX турнир
Дойдубут бытархан тымныылаах кыһынын кылаана сыппыырын саҕана, кулун тутар ыйтан ылата айылҕа уһукта быһыытыйан барарыныы, дьон-сэргэ олоҕор эмиэ сэргэхсийии, хамсааһын буолан барар айылгылаах. Ордук култуура-успуорт эйгэтигэр араас тэрээһиннэр өрөбүл күннэри былдьаспыттыы субуллар кэмнэрэ кэллэ. Ол быһытынан ааспыт субуотаҕа, чуолкайдаан эттэххэ, бу дьыл кулун тутар 11 күнүгэр, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Тумул бөһүөлэгэр үлэ, тыыл уонна спорт бэтэрээнэ, урут сэбиэскэй бириэмэҕэ Максим Горькай аатынан совхоз иһинэн чэкиистэр Десяткин уонна Петров бириистэригэр, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуура эстэпиэтэтин чэрчитинэн үгүстүк ыытыллыбыт саахымат күрэхтэһиилэрин элбэх төгүллээх кыайыылааҕа Анастасия Егоровна Максимова үтүө аатын үйэтитэргэ аналлаах үгэскэ кубулуйбут саахымат турнира быйыл 20-с төгүлүн ыытылынна.
Үбүлүөйдээх турнирга Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан 6 саастаах Заровняев Арылхантан (Тумул бөһүөлэгиттэн) саҕалаан, 79-с хаардарыгар сылдьар үс ытык кырдьаҕастары ааҕан туран, барыта 130 саахыматчыт муһунна (турнир саҥа рекорда!). Итиччэ элбэх кыттааччы кэлбитэ тэрийээччилэргэ да соһуччу буолла уонна саахымат, чаһыы тиийбэт кыһалҕатын үөскэттэ. Ол гынан баран судьуйалар биир да киһини күрэхтэн матарбакка, төттөрү ыыппакка барыларын кытыннарар гына бэрт сүбэни булан турнир саҕаламмытынан барда. Онуоха омуннаах-төлөннөөх саҥа оонньоон эрэр кыра оҕолор “төһүү күүс” буоллулар: элэҥнэтэн уһаппакка-кэҥэппэккэ эрдэ оонньоон бүппүттэр оннуларыгар кэтэһэн турбут пааралар олорон оонньоон истилэр.
Санатан эттэххэ, бу турнир аан бастаан 2001 сыллаахха Анастасия Егоровна бу орто дойдуттан барбыта биир сыл ааспытын кэннэ оҕолорун, чуолаан уолаттара Гаврил Гаврильевич уонна Виктор Гаврильевич Максимовтар дьиэ кэргэттэринээн ийэлэрин ытыгылаан, кини олоҕун устата арахсыспат аргыс гынан илдьэ сылдьыбыт таптыыр оонньуутугар өйдөбүнньүк турнир быһыытынан тэрийбиттэрэ. Бастаан утаа сыл көтө-көтө ыытыллан испит турнир, этэргэ дылы норуот баҕатын быһа гыммакка, 2007 сылтан бэттэх сыллата, бэл аан дойдуну биир гына сутуйбут хамсык дьайын утары дойду үрдүнэн ылыныллыбыт хаарчахтааһыннар сылларыгар да көтүппэккэ ыытыллан кэллэ. 2020 сыллаахха хаарчахтааһын биллэриллиэн аҕай иннинэ кыл-мүччү ыытыллан хаалбыта. Иккис сылыгар кыра сымнааһын кэмигэр тустаах сэрэтии миэрэлэрин тутуһан (арыттааах гына тэйиччи наарданан, медицинскэй мааска кэтэн олорон, утарылаһааччылар илии тутуһан эҕэрдэлээһинэ суох, туораттан көрөөччүнү аччатан туран эҥин…) ыытыллыбыта.
Туох барыта кыраттан саҕаланар дииллэринии, Максимовтар дьиэ-кэргэн ийэлэрин, саахыматчыт быһыытынан, этэргэ дылы, колхуос иһиттэн тахсыбатах оонньооччу, сырдык кэриэһигэр ыытар турнирдара хара ааныттан бөһүөлэк ыырынан, аҕам саастыылаахтарынан муҥурдаммакка, оскуола оҕолорун, эдэр ыччаты, нэһилиэк саахыматы таптааччыларын барыларын түмэн сыыйа кэҥээн тэнийэн, кыттаччыта элбээн иһэр. Тэрийээччилэр турнир иннигэр аҥардас спортивнай сыалы-соругу туруорбаттар. Ол иһин аһаҕас республиканскай турнир быһыытынан өссө биллэриллэ илик. Сүрүн болҕомто оскуола оҕолоро кыра саастарыттан саахымат алыптаах эйгэтин кытта билсэн туһалаах дьарык гыналларын, онно аҕа саастаах олохтоох саахыматы таптааччылары түмэн кытыннаран миэстэтигэр саахымат оонньуута сайдарыгар сөптөөх эйгэ үөскүүрүн ситиһии буолар. Итини ситиһэргэ күрэхтэһии спортивнай таһыма эмиэ кырата суох суолталаах. Ол иһин Илин эҥэр саахыматчыттара туох да хааччаҕа суох, Дьокуускай куорат уонна киин улуустартан анал ыҥырыынан аҕыйах үрдүк кылаастаах саахыматчыттар сыллата кытталлар. Ол курдук бу турнирга араас сылларга республика чемпионнара Владимир Таппыров, Тускул Килбиэнэп, Владимир Колесов, Евгений Охотин, Марфа Дьячковская, Туйара Адамова; республика эмиэ күүстээх саахыматчыттара Рудольф Борисов, Вячеслав Данилов, Дмитрий Верховцев, Юрий Родионов, Владимир Филиппов, Иван Спиридонов, Вячеслав Гаврильев, Мария Охлопкова уонна да атыттар элбэхтэ кыттыбыттара. Маны таһынан өр сыллар устата саахымат общественнай тэрийээччитинэн, тренеринэн үлэлэлии сылдьар олохтоох энтузиаст саахыматчыттар: Николай Климентов, Павел Цыпандин, Василий Алексеев (Павловскай), Ульяна Шишигина, Ольга Иванова, Анна Давыдова элбэх оҕону-ыччаты оонньоппут дьон буолаллар, бэйэлэрэ эмиэ көтүппэккэ кэриэтэ кытталлар. Кинилэри сэргэ Степан Соров (Чычымах), Александр Попов (Ытык-Күөл) эмиэ биир көхтөөх, тэрээһиннээх кыттааччылар буолаллар. Элбэх хаары санныларыгар сүгэн олох очурдаах суолун эҥээрдэринэн тэлбит ытык кырдьаҕастар-успуорт бэтэрээннэрэ: Дмитрий Сыромятников (Кэрэһиннээх), Семен Протодьяконов, Александр Жу (иккиэн Дьокуускайтан), Петр Калачев (Чурапчы) уонна да атыттар эмиэ сөбүлээн кытталлар, эдэрдэртэн хаалсыбакка илин-кэлин түсүһэннэр турниры киэргэтэллэр, эдэрдэргэ холобур буолаллар, сүбэ-ама биэрэллэр.
Биир бэйэм бу күрэх уопсайа сүүрбэтэ ыытыллыбытыттан 18-гар кыттыбыт киһи быһыытынан турнир бэйэтин сыалын-соругун чопчу толорон иһэр диэн көрөбүн. Максимовтар ыал ийэлэрин үтүө аатын үйэтитэргэ анаммыт дьоһуннаах тэрээһиннэрэ Мэҥэ-Хаҥаласка эрэ буолбакка Илин эҥэрдээҕи улуустарга кытта саахымат сайдарыгар биллэр-көстөр хамсааһын таһаарда. Турнирга улуус элбэх нэһилиэктэриттэн, чугастааҕы улуустартан сыллата саҥаттан-саҥа кыра оҕолор кытталлара, успуорт тыйыс сүүмэрдээһинин ааһан сиидэлэнэн хаалбыт эдэр ыччат оонньуура күүһүрэн иһэрэ ону кэрэһэлиир. Бу турнирга кыра эрдэхтэриттэн кыттан куорсун анньынан улууска бастакынан маастарга кандидат буолбут Миша Куприянов уонна Майатааҕы лицей үөрэнээччитэ улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ хайы-үйэҕэ икки төгүллээх чөмпүйүөнэ буолбут Денис Назаров үүнэн тахсыбыттара да ону туоһулуур. 2001 сыллаахха алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан аан бастаан турнирга кыттыбыт оҕолор номнуо үөрэҕи бүтэрэн бэйэлэрэ ыал аҕалара ийэлэрэ буолан, сотору оҕолорун кытыннараллара буолуо, ол иһигэр олоххо ситиһиилээх дьон үүнэн таҕыстылар. Холобур, оччолорго Майа орто оскуолатын үөрэнээччитэ Сидоров Николай билигин “Железные дороги Якутии” тимир суол тэрилтэтин сахалартан бастакы машиниһа, тэрилтэ киэн туттар үлэһитэ. Кини үлэтин быыһыгар Мэҥэ-Хаҥалас сүүмэрдэммит хамаандатыгар оонньуур. Улахан да дьон ортолоругар кэккэ ситиһиилэр бааллар. Ол курдук Мэҥэ-Хаҥалас сүүмэрдэммит хамаандата кэннэки ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын 7-с уонна 8-с спортивнай оонньууларыгар саахымат күрэҕин финалыгар кыттар 10 хамаанда иһигэр киирбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Аныгыс оонньууларга хамаанда лаппа күүһүрэрэ күүтүллэр.
Турнир тэрээһинин туһунан туспа бэлиэтиир наадалаах. Анастасия Егоровна элбэх оҕолоох ыал күн-күбэй ийэтэ, үгүс сыллар усталарыгар таһаарыылаах үлэтинэн үрдүктүк сыаналаммыт производство бастыҥа, дьоҥҥо-сэргэҕэ амарах сыһыанынан, колхуос, совхоз иһинэн ыытыллар саахымат күрэҕин актыыбынай кыттыылааҕа буолан кини аатынан турнир тэрээһинигэр Доллу нэһилиэгин салалтата (баһылык Н.П. Сивцев), «Тумул» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ (дириэктэр Т.В. Десяткина), олохтоох оскуола, бэтэрээннэр сүбэлэрэ, саҥардыыта тутуллан үлэҕэ киирбит Култуура дьиэтин үлэһиттэрэ, атын да тэрилтэлэр бары актыыбынайдык кытталлар, улахан көмө-тирэх буолаллар. Итини таһынан, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун физкултуураҕа уонна спорка управлениета (салайааччы К.А.Захаров), Мэҥэ-Хаҥалас саахымакка федерацията (толорор дириэктэр П.И. Цыпандин) өрүү тэрээһиҥҥэ кытталлар.
Күрэхтэһиини быһаччы тэрийэн ыытаччылар Максимовтар дьиэ кэргэттэрэ, судьуйа-оператор быһыытынан мэлдьи кэлэн үлэлиир Вячеслав Гаврильев, кулууп үлэһитэ, турнир сүрүн сценариһа уонна куолаһа (рупора) Акулина Власова уонна күрэхтэһии солбуллубат сэкэритээрэ Татьяна Трофимовна Максимова чуолкай үлэлэрин түмүгэр тэрээһин өттүнэн ыллахха бу турнир өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны биир бастыҥнарын быһыытынан сыаналыахха сөп.
Үтүө үгэскэ кубулуйбут, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус саахымакка федерацияларын сыллааҕы күрэхтэһиилэрин халандаарыгар бигэтик киирбит турнир, улуус уонна Доллу нэһилиэгин салалталарын, общественноһын көмөлөрүнэн өссө да ыытылла туруо диэн эрэнэ саныыбыт. Анастасия Егоровна саахымакка бастаан дьиэ кэргэттэриттэн саҕалаан оҕолорун уһуйан, нэһилиэгин уонна үлэлээбит колхуоһун, сопхуоһун ааттарын саахымат күрэхтэһиитигэр туруулаһан көмүскээбит үтүөлээх эбит буоллаҕына, билигин аны кини үтүө аата иккис дойдута буолбут Мэҥэ-Хаҥаласка эрэ буолбакка, Илин эҥээргэ, ону ааһан бүтүн өрөспүүбүлүкэ да үрдүнэн саахыматы сайыннарыыга үлэлии туруо диэн астына бэлиэтиибит. Ити санаа мээнэ этиллибэтин биир бэлиэтинэн быйылгы күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан Саха сириттэн саахымакка билигин соҕотох Бутун Россиятааҕы категориялаах суудьуйа Семен Местников, компьютерга үлэлиир оператор-судьуйанан Дьокуускайдааҕы саахымат-дуобат киинин тутаах үлэһитэ Вячеслав Гаврильев курдук үрдүк кылаастаах специалистар кэлэн үлэлээбиттэрэ буолар.
Быйылгы 20-с күрэхтэһии түмүгүн кылгастык билиһиннэрдэххэ, турнир балаһыанньатын быһыытынан кыттааччылар 5 бөлөххө арахсан швейцарскай системанан биирдии киһиэхэ 15 минута бэриллэн 7 туур оонньонно.
Бастакы бөлөххө 12 саастарыгар диэри (2011 сылтан бэттэх төрүөхтэр) уолаттар уонна кыргыттар уопсайа 48 оҕо оонньоото.
Күрэхтэһии түмүгүнэн уолаттарга Дьяконов Алексей (Чурапчы) 7-н 7 очкону ылан эрэллээхтик бастаата. Иккис миэстэни Хатылаев Василий (Ытык-Күөл) – 6, үсүһү Кычкин Айсен (Өктөм) 5.5 очколанан ыллылар.
Кыра кыргыттарга Седалищева Нарыйа (Чурапчы) – 5 очколаах бастаата, Габышева Лилиана (Ытык-Күөл) уонна Никифорова Юлиана (Өктөм) иккиэн 4.5 очколанан 2-с 3-с миэстэни ыллылар.
Иккис бөлөххө орто саастаах (2010-2007 с.т.) 25 оҕо кытынна. Уолаттарга бастакы икки миэстэни Иванов Юрий (Тумул, Анастасия Егоровна хос сиэнэ) уонна Чащин Константин (Мохсоҕоллоох) иккиэн 6-лыы очколанан бастаатылар, үһүс миэстэни 5 очколаах Безриченко Дмитрий (Өктөм) ылла.
Кыргыттарга Каплич Анастасия (Мохсоҕоллоох), Варламова Лилия (Чурапчы) уонна Афанасьева Милана (Ытык-Күөл) үһүөн 5-тии очколанан Бухгольц коэфициенын көрдөрүүтүнэн туһаанааҕынан 1-3 миэстэлэри үллэһиннилэр.
Үһүс бөлөххө обургу саастаах оҕолор (2006 с.т. үөһээ саастаах) тоҕо эрэ барыта 6 эрэ буолан оонньоотулар (икки уол уонна түөрт кыыс). Уолаттарга инньэ гынан 5-н үс очкону ылбыт Герасимов Айсен Мэлдьэхситтэн 3 очколанан бастаата, Протодьяконов Антонҥа Аллараа Бэстээхтэн очко ылбатар да, иккис бочуоттаах миэстэ “тигистэ”.
Кыргыттарга Протодьяконова Амелия (Төҥүлү) уонна Петрова Анастасия (Павловскай) 4-үү очколаах 1-2 миэсэтэни, 3 очколаах Романова Ирина (Мэлдьэхси) 3-с миэстэни ыллылар.
Төрдүс, эр дьоннор бөлөхтөрүгэр 17 буолан оонньоотулар. Онуоха Дьокуускайдааҕы саахымат-дуомат киинин үлэһиттэрэ Капитонов Николай 6.5, Гаврильев Вячеслав 5.5 очкону ылан бастаатылар. Үһүс бириистээх миэстэни СВФУ доцена Местников Семен 5 очколанан ылла. Петр Литвинцев Дьокусскайтан кэофициениннэн сабарыйтаран төрдүс миэстэҕэ хаалла.
Бэһис бөлөххө бэтэрээн эр дьону кытта дьахталлар бииргэ, уопсайа 34 буолан оонньоотулар. Түмүккэ бэтэрээн эр дьоҥҥо 6 очколаах Мосорин Дмитрий (Дьокуускай) бастаата, Цыпандин Павел (Майа) 5.5 очколаах иккис, Смирников Николай (Кытаанах) 5 очколанан үһүс буолла.
Дьахталларага эмиэ 6 очколаах саахымакка өрөспүүбүлүкэ үс төгүллээх чемпионката Эверстова Галина (ХИФУ) эрэллээхтик бастаата, иккискэ Охлокова Мария (Дьокуускай) 4 очколаах уонна Иванова Ольга (Мэлдьэхси) 2.5 очколанан үһүс буолла.
Бэтэрээн дьахталлар туспа зачеттарын быһыытынан Давыдова Анна (Аллараа Бэстээх) уонна Шишигина Ульяна (Майа) иккиэн 4 очколананнар бастаатылар, үһүс миэстэҕэ Цыденжапова Татьяна (Балыктаах) 2.5 очколанан тигистэ.
Кыайыылаахтар бары мэтээлинэн, грамотанан уонна харчынан, биитэр сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланнылар.
75 саастарыттан үөһээ саастаах бэтэрээнэргэ үчүгэй көрдөрүүтүн иһин Таатта Чычымаҕыттан Амма нэһилиэгин салайааччыта Степан Соров туруорбут анал бирииһин успуорт бэтэрээнэ, саахыматчыттар Аксакаллара Сэмэн Протодьяконов ылан үөрэн-көтөн дьиэлээтэ.
Сүрүн турнир бүппүтүн кэнниттэн улахан дьоннорго остуол оонньуутун үс көрүҥэр садуобаҕа блиц-турнир буолла. Бириэмэ ыгымынан биэс турдаах кылгас турнирга 40 киһи кытынна. Турнир түмүгүнэн биэстэн биэс очкону ылан Николай Капитонов эрэллээхтик бастаата. Иккис миэстэни 4.5 очкону хомуйан олохтоохтор үөрүүлэригэр Милентий Каплин (Төҥүлү) ылла. Үһүс миэстэни Николай Степанов (Суола) 4 очколанан ылла. Эмиэ итиччэ очколаммыт Гаврил Большаков (Ытык-Күөл) коэфициенынан төрдүс миэстэҕэ үтүрүлүннэ.
“Дьахталлар ортолоругар учугэй көрдөрүүтүн иһин” анал бириис хаһаайкатынан Мария Охлопкова буолла.
Онон Николай Капитонов бу турнирга аан маҥнай кыттаат “золотой дубль” оҥорон 2016 сыллаахха саахымакка өрөспүүбүлүкэ биэс төгүллээх чемпионката Туйара Адамова ситиһиитин хатылаан бириис бастыҥын ылан күннээн барда…
Күрэхтэһии бэтэрээннэргэ кыйыылааҕа Дмитрий Мосорин
Дьокуускай, 2023 с. кулун тутар 13 күнэ
Хаартыскаларга:
Анастасия Егоровна Максимова
(02.02.1926 — 23.05.2000)
Турнир архыыбыттан: Анастасия Егоровна кэриэһигэр ыытыллар турниры бастакыттан өйөөбүт Доллу нэһилиэгин уруку баһылыга Иннокентий Птицын уонна Российскай Федерация Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, «Тумул» ТХПК дириэктэрэ Таисия Десяткина күрэхтэһии үөрүүлээх сабыллыытыгар.
Турнир архыыбыттан: Күрэхтэһии сүрүн тэрийээччилэрэ-хаҥастан уҥа:
“Доллу нэһилиэгэ” МТ баһылыга И.В. Птицын, Максимова А.Е. уола Г.Г. Максимов, кийиитэ Т.Т. Максимова уонна балта Ытык Күөлтэн сылдьар Л.Г. Христофорова.
Турнир архыыбыттан: 2018 сыллаахха бэтэрээннэр турнирдарын кыайыылаахтара-легендарнайдар Дмитрий Сыромятников (Кэрэһиннээх), Рудольф Борисов, Тускул Килбиэнэп уонна наҕараадалары туттарбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо Т.В.Десяткина.
Турнир архыыбыттан: 2016 сыллааҕы турнир биир түгэнигэр саахымакка өрөспүүбүлүкэ үс чемпионнара (уҥаттан хаҥас): Владимир Таппыров, Туйара Адамова уонна Денис Назаров.
А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир
Тумул б. 2023 с. кулун тутар 11 күнэ
Курэхтэһии сүрүн тэрийээччитэ Гаврил Максимов
уонна турнир саамай саастаах кыттаччыта Александр Жу.
Турнир былааҕын үөрүүлээх быһыыга-майгыга көтөҕүү.
Турнир хаһаайына Анастасия Егоровна уола Виктор Максимов
уонна саамай эдэр оонньооччу Арылхан Заровняев.
Курэхтэһии түгэнэ. Эр дьоннор иккис остуолларыгар Айсиэн Максимов (Анастасия Егоровна сиэнэ) уонна Петр Монастырев (Чурапчы) тыҥааһыннаах киирсиилэрэ.
Күрэхтэһии түгэнэ. Госдума дьокутааттара маннык толкуйга түһээччилэр дуо?
Күрэхтэһии түгэнэ. Турнир эдэр кыттааччыта 80-с хаардарыгар сылдьар саахымат аксакааллара Александр Жу уонна Семен Протодьяконов оонньуулларын сэҥээрэн көрөр.
Кыайыылаахтары чиэстээһин. А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир кыра уолаттарга кыайылаахтара, хаҥастан уҥа: Хатылаев Василий (Ытык-Күөл), Дьяконов Алексей (Чурапчы), Кычкин Айсен (Өктөм). Наҕараадалары туттарар: Мэҥэ-Хаҥалас саахымакка федерациятын толорор дириэктэрэ Павел Цыпандин.
Кыайыылаахтары чиэстээһин. А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир улахан саастаах кыргыттарга кыайылаахтара, хаҥастан уҥа: Петрова Анастасия (Павловскай), Протодьяконова Амелия (Төҥүлү), Романова Ирина (Мэлдьэхси). Наҕараадалары туттарар Саха Өрөспүүбүлүкэтин саахымат федерациятын толорор дириэктэрэ Вячеслав Гаврильев.
Кыайыылаахтары чиэстээһин. А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир орто саастаах уолаттарга кыайылаахтара, хаҥастан уҥа: Чащин Константин (Мохсоҕоллоох), Иванов Юрий (Тумул, Анастасия Егоровна хос сиэнэ), Безриченко Дмитрий (Өктөм) ылла. Наҕараадалары туттарар: турнир кылаабынай судьуйата Семен Местников.
Кыайыылаахтары чиэстээһин. А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир орто саастаах уолаттарга кыайылаахтара, хаҥастан уҥа: Гаврильев Вячеслав, Капитонов Николай, Местников Семен, наҕараадалары туттарар турнир тэрийээччитэ Гаврил Максимов
Кыайыылаахтары чиэстээһин. А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир дьахталларга кыайылаахтара, хаҥастан уҥа: Охлопкова Мария (Дьокуускай), Эверстова Галина (ХИФУ, өрөспүүбүлүкэ үс төгүллээх чемпионката), Иванова Ольга (Мэлдьэхси), наҕараадалары туттарар турнир тэрийээччитэ Гаврил Максимов.
Кыайыылаахтары чиэстээһин. А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир бэтэрээн эр дьоннорго кыайылаахтара, хаҥастан уҥа: Цыпандин Павел (Майа), Мосорин Дмитрий (Дьокуускай), Смирников Николай (Кытаанах), наҕараадалары туттарар турнир тэрийээччитэ Г.Г. Максимов.
Кыайыылаахтары чиэстээһин. А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир бэтэрээн дьахталларга кыайылаахтара, хаҥастан уҥа: Шишигина Ульяна (Майа), Давыдова Анна (Аллараа Бэстээх), Цыденжапова Татьяна (Балыктаах), Наҕараадалары туттарар турнир тэрийээччитэ Г.Г. Максимов.
Кыайыылаахтары чиэстээһин. А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир улахан дьоннорго кыайылаахтара (хаҥастан уҥа): түргэн саахымакка уонна садуобаҕа блиц-турнир кыайыылааҕа – «Золотой дубль” хаһаайына Николай Капитонов, турнир бөлөхтөрүнэн кыайыылаахтарын ортотугар оонньоммут «Супер-приз» — Анастасия Егоровна сиэнэ Варвара Пинигина оҥорбут сэдэх художественнай айамньытын хаһаайына – баабыры сабырҕаҕыттан туппуттуу сананан турар Дмитрий Мосорин, Галина Эверстова, Анна Давыдова уонна лотореяны ыыппыт Айсиэн Максимов.
А.Е.Максимова кэриэһигэр саахымакка 20-с турнир кыттыылаахтара
Добавить комментарий